Милена Борисова аата биһиги эстрадабыт ортотугар киэҥник биллэр. Истиҥ мичээрдээх, алыптаах куоластаах уонна киһини абылыыр ураты харизмалаах кэрэчээн Милена айар үлэтин, тус олоҕун элбэх киһи сэҥээрэр уонна интэриэһиргиир буолуохтаах. Ыҥырыыбытын ылынан эстрада хатыламмат куолаһа, оҕолору ырыаҕа уһуйааччы, күн-күбэй ийэ Милена Борисова үөрэ-көтө “Famtoday” ыалдьыттыыр.
Милена, үтүө күнүнэн! Туох кэпсээн, хантан силистээх-мутуктаах кэрэ аҥаар буолаҕын? диэн сэһэргэһиибитин билсэн-көрсөн саҕалаан барыахха.
Үтүө күнүнэн, күндү “Famtoday” саайт ааҕааччылара. Мин Амма улууһун Сатаҕайыттан төрүттээхпин. Тапталлаах төрөппүттэрбэр иккис кыыс оҕонон күн сирин көрбүтүм, биһиги бииргэ төрөөбүт төрдүөбүт. Эдьиийим уонна бырааттарым бары култуура эйгэтин үлэһиттэрэ.
Бэйэм кэргэннээхпин уонна үс оҕолоохпун. Улахан уолбут Айтал “Айыы Кыһата” оскуола 6-с кылааһын үөрэнээччитэ уонна кыра кыргыттарбыт уһуйаан иитиллээччилэрэ. Биһиги дьиэ кэргэн аҕа баһылыга Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээх, билигин дьоллоох Дьокуускайбытыгар үлэлии-хамсыы сылдьабыт.
Эн бииргэ төрөөбүттэриҥ бары култуураҕа сыстаҕас эбиттэр. Ол аата букатын кыра эрдэххиттэн ырыа-тойук аргыстаах улааппыт буоллаҕыҥ?
Мин кыра эрдэхппиттэн ырыаны, муусуканы таптаан, кэрэхсээн улааппытым. Маҥнайгы үрүмэччи туһунан ырыабын алын кылааска үөрэнэ сылдьан суруйбутум. Ити ырыабынан улуустааҕы “Күн бытархайа” күрэххэ миэстэлэспиппин билиҥҥэ диэри олус долгуйа уонна астына саныыбын. Чахчы, кыра оҕону маҥнайгы кыайыы элбэххэ кынаттаабыта диэн этиэхпин сөп. Аны туран, оскуолаҕа муусука учуутала суоҕун кэриэтэ этэ. Онуоха, мин ыллыыр баҕам сүрдээх буолан, биһиги дэриэбинэбититтэн 8 км. тэйиччи сытар Мэҥэ Хаҥалас Бүтэйдээҕэр, балтыбын доҕор оҥостон, сатыы фонограмма оҥотторо барбытым. Оччолорго суол суох буолан массыына тиийбэт этэ. Арааһа, 6-с эҥин кылааска үөрэнэр этим. Бу курдук кыра эрдэхпиттэн ырыаҕа бэриниилээх буолан улааппытым.
Айар куттаах дьону иэйии арыаллаатаҕына эрэ саҥа айымньы, ырыа, муусука айыллан тахсар буоллаҕа. Иэйии хайдах киирэрий?
Саҥа ырыа суруллар кэмэ кэлбитин бэйэм эппинэн-хааммынан сэрэйээччибин. Хайдах эрэ иэйиим уһуктан, “туолан” хаалбыт курдук буолабын.
Милена борисова
Эбэтэр, сороҕор эмиэ туох да суох курдук буолааччы эрээри, кимиэхэ эрэ анаан суруйар буоллахпына, ол киһибин көрдөхпүнэ арыллабын. Мин үксүн кырачааннарга ырыа суруйар буоламмын, оҕолору кытта атах тэпсэн олорон айар-тутар дьоҕурум, иэйиим уһуктар.
Милена, эн олус ураты харизмалааххын дии. Киһи эн истиҥник үөрэн мичээрдии-мичээрдии ыллыы тураргын көрдөҕүнэ, хайдах эрэ сүргэлиин санаата көтөҕүллэр курдук. Дьону бэйэҕэр тардар ураты күүстээҕин туһунан этээччилэр дуу?
Дьон миигин итинник саныыра уонна ылынара наһаа үчүгэй. Онуоха, бииргэ чэйдии олорор дьүөгэбиттэн, “мин харизмалаахпын дуо?” диэн ыйытааччы буоллум (күлэр). Арай, элбэх дьон ортотугар сүтэн-симэлийэн күлүккэ хаалбаппын. Хайаатар даҕаны кэпсэтэн-ипсэтэн уопсай тыл буларбын сөбүлүүбүн. Дьону бэйэбэр тардарбын сатыыбын быһыылаах.
Аны эйигин биһиги уһуйааччы быһыытынан билэбит. Оҕолору кытта үлэҥ хаһан саҕаламмытай?
– 2012 с. үөрэммит оскуолабар Амма Сатаҕайыгар уһуйааччы быһыытынан үлэбин саҕалаабытым. Онно уопута да, үөрэҕэ да суох этим. Ону ол диэбэккэ, оскуолабыт дириэктэрэ Егор Шишигин “биһиэхэ кэлэн муусука5а учууталлаа” диэн үлэтэ суох сырыттахпына ыҥырбыта. Биллэн турар, бастаан оҕолору кытта үлэлиирим долгутуулаах этэ. Оттон сыыйа-баайа үлэбин сөбүлээн, ылларан барбытым. Билигин бэйэбин ордук ырыаһыт буолбакка, уһуйааччы быһыытынан ылынабын.
Оҕолору кытта үлэлиир хайдаҕый?
Үлэбин наһаа сөбүлүүбүн уонна кэнчээри ыччаты кытта үлэлиирим миэхэ үрдүк – дьол. Оҕолор ыраас санаалара уонна ырыаҕа баҕалара миигин таһаарыылаах үлэҕэ кынаттыыр дии саныыбын. Кинилэри кытта түргэнник уопсай тыл булабын. Онон сибилигин мин туох баар сатабылым, кутум-сүрүм оҕолорго тохтоон сылдьар кэмэ.
Оттон ырыаҕа улахан дьону уһуйуоҥ этэ дуу?
Улахан дьону кытта үлэлиир уратылаах бөҕө буоллаҕа. Ылыстахпына ылсыам этэ эрээри, кэккэ уустуктар үөскүө этилэр буолуо. Билигин улахан дьону кытта биирдиилээн бырайыактарга үлэлэһэбин уонна ырыаһыттарга ырыа суруйабын.
Билигин дьон-аймах наһаа ыллыан, киэҥ эйгэҕэ бэйэлэрин биллэриэн баҕарар курдуктар. Араас күрэхтэргэ, кэнсиэрдэргэ саҥа ааттар сандаараллар. Ону маннык ыйытыы үөскээтэ, кыайан ыллаабат киһи ырыаһыт буолуон сөп дуо?
Ыллыырга күүстээх баҕа уонна дьарык наада. Киһи туох баар дууһатын ууран туран үлэлиир буоллаҕына, ханнык баҕарар үлэ үтүө таһаарыылаах буолар диэн санаалаахпын. Ырыаҕа үөрэнэн ырыаһыт буолбут дьон биһиги кэккэбитигэр элбэхтэр. Букатын талаан иҥмэтэх диэччилэр дии, арааһа ити талааннарын ситэ сайыннарбатах, күүстээхтик ылсан туран дьарыктамматах дьону этэллэрэ буолуо.
Баҕалаах баҕанаҕа ыттар диэн мээнэҕэ эппэтэхтэрэ. Даҕатан эттэххэ, саха дьоно оҕустарын мииннилэр да ырыаһыттар дииллэр. Онон биһиги сахалар наһаа ырыаһыт норуоппут.
Милена, ити “Эн Сулускун” диэн Саха НКИХ ханаалыгар тахсыбыт бырайыагы холобурдаан көрүөххэ. Онно өрөспүүбүлүкэбит араас муннугар олорор чаҕылхай ырыаһыттар кытыннылар. Эн бырайыакка дьүүллүүр сүбэ бэрэссэдээтилинэн уонна ырыаһыттарга настаабынньык быһыытынан үлэлээтиҥ…
Бу бырайыак “биһиги өрөспүүбүлүкэбитигэр элбэх талааннар бааллар эбит, биллибэккэ саһан сыппыттар” диэн кинилэри киэҥ эйгэҕэ таһаарда уонна саҥа ааттары арыйда. Бырайыактан тус бэйэм олус элбэххэ үөрэнним уонна дьону кытта үлэлииргэ өссө саҥа үктэлгэ таҕыстым. Быйылгы күрэх – дуэты диэн этэ. Ол эбэтэр, биир ырыаһыты буолбакка, икки киһиттэн турар нүөмэри сыаналаабыппыт. Миэхэ дуэттыын үлэ саҥа буолан, элбэх тустаах информацияны ааҕан, өйбөр-санаабар ырытыы үлэтин ыытан (анализ), дуэт хайдах буолуохтааҕын туһунан мунньах бөҕө тэрийэн, элбэхтик санаа үллэстэн айар хамаанданы кытта таһаарыылаахтык бииргэ үлэлээбиппит. Бырайыак силигин ситэн, саҥа тахсан эрэр ырыаһыттарга айар суолу арыйбыт, элбэххэ үөрэппит буолуохтаах диэн эрэнэбин.
Милена, кэпсэтиибит айар үлэ чэрчитинэн баран иһэр, арай тиэмэни уларытан тус олох туһунан кэпсэттэххэ хайдаҕый? Эн наһаа үчүгэй иллээх дьиэ кэргэн күн-күбэй ийэтэ, тапталлаах ойох буолаҕын. Тапталлааххын кытта хайдах билсибиккиний?
Кэргэммин кытта биир үтүө күн доҕотторбор ыалдьыттыы сылдьан билсибитим. Доҕотторум аймахтара буолан биэрбитэ (мичээрдиир). Бэйэ-бэйэбитин харахпытынан хайҕыы көрөн, чугастык алтыһан ыал буолбуппут.
Эһиги ыал оҕону иитиигэ ураты көрүүлээххит дуо?
Дьэ, доҕоор, Оҕону иитиигэ сөптөөх сүбэлэри биэрэр кыахпыт суох. Сахалыы сиэринэн сэмэйдик, дьоһун дьон буола улааттыннар диэн санаалаахпыт. Атын дьиэ кэргэнтэн туох да уратыбыт суох. Билигин улахан уолбут подросток буолан, араас боппуруостар, арыт ардыгар кыһалҕалар да үөскүүллэр. Арааһа, оҕону иитиигэ төрөппүт бэйэтэ хайдах дьиэ кэргэҥҥэ улааппыта оруоллаах курдук. Төрөппүттэрбит биһигини хайдах ииппиттэрэ да, оҕолорбутун эмиэ ол өйдөбүлүнэн улаатыннарабыт эбит.
Түмүккэ олус үлэһит кыыстан маннык ыйытабын. Арай, эн култуура эйгэтин талбатаҕын буоллар, туох идэлээх буолуоҥ этэй?
Хата, бу интэриэһинэй буолла… Маннык ыйытыыга хоруйдуу иликпин эбиппин ээ… Ырыа уонна муусука эйгэтин талбатаҕым буоллар салайааччы буолуом этэ. Бастакы идэм – менеджмент диэн, онтон муниципальнай салайыыга үөрэммитим. Онон хайа эмэ муниципальнай тэриллиигэ эбэтэр хайа эмэ нэһилиэк баһылыга эҥин буолуом этэ.
Милена, истиҥ кэпсэтиин иһин махтанабын! Эйигин кытта алтыһан олус ураты, ыраас эйгэҕэ киирэн таҕыстым. Айар үлэҕэр, тус олоххор ситиһиини баҕарабын!
Махтанабын.
Сэһэргэстэ
Екатерина Афанасьева