Күндү ааҕааччыларбыт, үтүө күнүнэн! Номнуо олунньу ыйга үктэннибит. Мантан антах таһырдьа улам сылыйыа, күммүт чаҕылыччы тыгыа диэн үгүспүт кэтэһэр буолуохтаах. Оттон саҥа ыйы туох эрэ саҥа идеялаах көрсөр өссө үчүгэй буоллаҕа. Ол курдук, биһиги “Family today” саайпыт аны мантан ыла сахалыы сыһыарыылаах буолуоҕа. Биһиэхэ араас эйгэ ситиһиилээх дьоно ыалдьыттыахтара. Бэйэлэрин холобурдарынан күүспүтүгэр-күүс эбиэхтэрэ, сырдык санааны саҕыахтара.
Сахалыы сыһыарыы бастакы ыалдьыта араадьыйа уонна телевидение суруналыыһа, күн күбэй эдэр ийэ – Ньургуйаана Ботуева. Кинини өрөспүүбүлүкэ олохтоохторо үчүгэйдик билэллэр. Ньургуйаана сэргэх, истиҥ уонна нарын-намчы куолаһа Саха НКИХ ханаалыгар “Саҥа күн” уонна “Тэтим” араадьыйа “Эрдэһиттэр” биэриилэргэ сарсыарда аайы чугдаарар.
Ньургуйаана, үтүө күнүнэн! Эн олус үлэһит уонна хорсун киһи буоларгын билэбит. Онон, тута, үлэттэн саҕалаан кэпсэтиибитин саҕалыахха. Идэҕин хайдах талбыккыный?
Мин Бүлүүтээҕи педагогическай колледжы бүтэрэн баран, ХИФУга саха тылын салаатыгар үөрэнэ киирбитим. Идэбинэн литература үлэһитэбин. Устудьуоннуу сылдьан 4-с кууруска үөрэх практикатын бэчээт эбэтэр телевидение, радио эйгэтигэр ааһыахтаах этибит. Мин онно араадьыйа хайысхатын талбытым уонна саха араадьыйатыгар практикалана тиийбитим. Онно бастаан көннөрү илии-атах буолан, араадьыйа үлэһиттэригэр биэриилэри бэлэмнииллэригэр көмөлөһөр этим. Салгыы “ыытааччыга холонон көр” диэн сүбэлээбиттэрэ. Онон 2011 сыл күһүнүттэн киэһээҥҥи бириэмэҕэ диджейдаан үлэлээн саҕалаабытым. Бастаан устудьуон буоларым быһыытынан, ыччакка аналлаах “Биһиэхэ Сэргэлээххэ” диэн биэриини таһаарар буолбутум. Кэлин үөрэхпин бүтэрэн баран, штакка киирэммин, бу араадьыйа эйгэтин сөбүлээн ыллаттаран барбытым. Салгыы оҕолорго аналлаах “Сир симэхтэрэ” диэн биэрии күн сирин көрбүтэ. Манна оскуола оҕолоро кэлэн быһа эфиргэ талааннарын сырдатан бараллар. Өссө урукку “Хотугу ыччат” диэн биэриини сөргүтэн истээччилэр дьүүллэригэр таһаарбытым. Биллиилээх хорейместеры Февронья Баишевалыын биир наһаа үчүгэй муусукаҕа аналлаах бырайыагы олоххо киллэрбиппит. Саха норуота бары билэр мелодиспытын Виталий Андросовтыын эмиэ бииргэ олус таһаарыылаахтык үлэлээбиппитин, элбэх суруйааччылардыын, биллэр-көстөр дьоннуун алтыспыппын наһаа истиҥник саныыбын. Урут үлэлээбит уопуттаах суруналыыстар тылларын-өстөрүн араадьыйа көмүс фондатыттан хасыһан истэр этим уонна бииргэ үлэлиир коллегаларбыттан күннэтэ элбэххэ үөрэнэр буолбутум. Холобур, араадьыйабыт уопуттаах режиссера Анна Пудова миэхэ наһаа туһалаах сүбэлэри күн бүгүҥҥэ диэри сүбэлиир.
Ол аата букатын устудьуоннуу сылдьыаххыттан сахалыы эйгэҕэ уһуйуллубут, тылгын-өскүн чочуйбут буолаҥҥын, билигин олус ыраастык сахалыы саҥарар буоллаҕыҥ?
(Күлэр). Бастаан мин үрдүкү кылааска үөрэнэ сылдьан историк үөрэҕэр киирэр былааннаах этим. Оччолорго бииргэ үөрэнэр оҕолорум үгүстэрэ экономист, юрист эбэтэр историк идэлэрин көхтөөхтүк талар этилэр. Дьэ, биирдэ норуодунай суруйааччы Наталья Михалева-Сайа “Кэпсиэ” диэн биэриитигэр саха салаатыгар үөрэнэр уолаттар бэрт умсугутуулаахтык үөрэхтэрин кыһатын туһунан ыһа-тоҕо кэпсии аҕай олороллор этэ. Мин кинилэри көрөн, маннык саха тылын учууталын идэтэ баар эбит диэн хараҕым “уоттана” түстэ. Өссө саха тылын баһылаабыт специалист аҥардас учуутал эрэ буолбакка, өссө суруналыыс буолуон сөп эбит диэн санаа үөскээбитэ. Оскуоланы бүтэрэн баран, университекка саха тылын салаатыгар туттарсыбытым да, баалым хапсыбакка кыайан киирбэтэҕим. Ол иһин Бүлүүтээҕи педагогическай колледж устудьуона буолбутум. Мин колледжка үөрэнэ сылдьан личность быһыытынан олус сайдыбытым. Хайдах эрэ патриот хааным уһуктан диэххэ дуу, салгыы үөрэнэр, сайдар баҕам өссө улааппыта.
Ити тапталлаах колледжпар уһуйуллан баран, баҕалаах университеппар сыралаһан туран киирбитим. Университекка саха тылын салаатыгар үрдүк үөрэҕи баһылаан, салгыы өссө магистратураны бүтэрбитим. Онон үлэни уонна үөрэҕи бииргэ дьүөрэлээн сүрдээх улахан олох оскуолатын ааспытым дии саныыбын.
Үлэбин бастаан араадьыйаҕа саҕалыырбар мааҕыын этэн ааспытым курдук, биэриилэрим син биир ыччаты кытта ситимнээх буолаллара. Ыччат литератураҕа, классик суруйааччылар айымньыларыгар сыһыанын эҥин туһунан санааларын хомуйарбын, истээччилэр болҕомтолоругар таһаарарбын сөбүлүүр этим. Маны таһынан, ыалдьыттарым араас эйгэ специалистара учууталлар, учуонайдар о.д.а. этэ. Киһи төһөнөн элбэх дьоннуун алтыһар да, оччонон билиитэ-көрүүтэ кэҥээн, дириҥээн иһэр эбит. Дьэ, бу курдук наһаа күүстээхтик үлэлии сылдьан, аны оҕолономмун декрекка баран хаалабын…
Сирдээҕи олох үрдүк үөрүүтүн билэн, ийэ буолаҥҥын букатын атын түбүктээх киһи буолан хааллыҥ ээ…
Биллэн турар, ийэ үрдүк аатын сүгэр дьол.
Төһө да оҕобун көрөн дьиэҕэ олордорбун, аны бэйэбин үөрэх хайысхатыгар холонон көрбүтүм. Оҕом арыый да улаата түспүтүн кэннэ, аны дойдубар Үөһээ Бүлүүгэ тиийэн оҕобун уһуйааҥҥа сырытыннаран баран, бэйэбин иитээччи быһыытынан холонон көрбүтүм. Дьэ, онно уһуйаан иитээччитэ хайдах курдук эппиэтинэстээх, сыралаах үлэлээҕин эппинэн-хааммынан билбитим. Билигин иитээччилэргэ олус дириҥ убаастабыллаах сыһыаннаахпын. Маны таһынан, кыратык дэриэбинэҕэ учууталлаан да ылбытым. Онон оҕону иитэр-үөрэтэр, үөрэххэ сирдиир учууталлар уонна иитээччилэр хайдахтаах курдук түбүктээх үлэлээхтэрин өйдүүбүн. Дьэ, бу курдук бэйэбин үөрэх эйгэтигэр тургутан баран, декреттан тахсан араадьыйабар төттөрү 2018 сыллаахха тиийэн кэлбитим. Оҕолонон тахсарбар барыта хайдах эрэ саҥаттан, ыраас лиис курдук араадьыйаҕа үлэм саҕаламмыта. Онно сарсыарда 07:00 чаастан өрөспүүблүкэ олохтоохторун уһугуннарар, үчүгэй настроениены бэлэхтиир “Эрдэһиттэр” биэриигэ ыытааччы буолбутум. Итинник курдук үлэлии сырыттахпытына аны пандемия саҕаламмыта. Онно телевидениеҕа “Саҥа күн” биэрии тахсыбат буолбутугар, Роман Алексеев диэн коллегабын кытта араадьыйаҕа уонна телевидениеҕа тэҥинэн “Эрдэһиттэр” биэриини бэлэмниир буолбуппут. Онно миигин аны телевидениеҕа барсар эбит диэннэр “Саҥа күҥҥэ” ыҥырбыттарыгар үөрүүнэн сөбүлэһэммин билигин этэҥҥэ үлэлии-хамсыы сылдьабын.
Кэрэ аҥаар ийэ буоллаҕына, дьоҕура сайдар, күүс-сэниэ бөҕө буолар дииллэрэ, эн холобургунан көрдөххө, чахчы эбит.
Дьахтар сатабыла, талаана, ис кыаҕа ийэ буоллаҕына улаатар эбит. Миэхэ кылгас кэм иһигэр барыта сатанан хаалбыта. Арааһа, элбэх дьоннуун алтыспытым, хасыһан үөрэппит, иҥэриммит билиим-көрүүм көмөлөспүт буолуохтаах.
Мин бу үлэлии сылдьар эйгэбин олус сөбүлүүбүн, наһаа интэриэстээхпин уонна умсугуйан туран дьоҥҥо-сэргэҕэ эфиргэ тахсабын. Хайдах эрэ сырдыгы сыдьаайар, дьоҥҥо үтүө эрэли бэлэхтиир биэриилэргэ ыытааччы быһыытынан үлэлиир үчүгэйэ сүрдээх. Хас биирдии киһи бу үүммүт саҥа күнү халтайга ыыппакка, туох эрэ туһалааҕы, үчүгэйи оҥороругар, күн устата үчүгэй настроениелаах сылдьарыгар кыһаллан-мүһэллэн туран коллегаларбын кытта үлэлиибит.
Эрдэһит ыытааччы наһаа эрдэ турар буоллаҕыҥ. Төһө сылаалааҕый?
“Саҥа күҥҥэ” эфиргэ тахсар буоллаххына күнүн сарсыарда 04:30 чаастан саҕаланар. Араадьыйаҕа эфиргэ арыый да хойутаан сарсыарда 06:00 туран кэлэҕин. Хампаанньабыт анал массыыната эрдэһит үлэһиттэри куорат устун сүүрэн хомуйталыыр. Биллэн турар, сылаалаах. Арай истээччилэриҥ эбэтэр көрөөччүлэриҥ, биэриигэ ыалдьыттыы кэлбит дьонуҥ үтүө тыллара туох баар сылааны суурайан кэбиһэллэр. Дьону кытта үлэ умсугутуулаах уонна бэрт интэриэһинэй. Аны туран, быһа эфиргэ тахсар бэйэтэ туспа, атын эйгэ.
Хайдах эрэ таһыттан көрдөххө чэпчэки курдук дии…
Киһи бэйэтин эмоциятын сөптөөхтүк салайар буолуон наада. Быһа эфиргэ араас форс-мажор буолуон сөп, онно суруналыыс киһи бэйэтин сөптөөхтүк хонтуруоллуохтаах дии саныыбын. Мин эфиргэ төһө да долгуйарым иһин, бэйэбин туттуна сатыыбын, ыксаабакка, лоп бааччы дьоҥҥо сөптөөх информацияны тиэрдиэхтээхпин өйдүүбүн. Бэйэм турукпунан, холку майгыбынан көрөөччүлэри, эфиргэ кыттар ыалдьыты итэҕэтиэхтээхпин буоллаҕа.
Аны айар үлэттэн тэйэ түстэххэ, эн биир сүрүн уонна суолталаах миссияҥ күн-күбэй ийэ буолаҕыҥ. Дьэ кыыскын кытта сыһыаҥҥыт туһунан кэпсээ…
Мин Сандаара диэн кыыс оҕолоохпун. Кыысчааным номнуо 6 саастаах. Оҕобор киэһээ аайы утуйарыгар остуоруйа кэпсиир үгэстээхпин. Бэйэм кыра сырыттахпына ийэм миэхэ наар остуоруйа кэпсиир этэ. Ол кэми билигин да истиҥник өйдүүбүн, оҕо сааспыттан саамай умнуллубат сылаас түгэн курдук хаалан хаалбыт. Биһиэхэ дьиэбитигэр улахан оһуордаах көбүөр баара, ол ойуутун-бичигин харахпынан батыһыннаран көрө сытан ийэм кэпсээнин истэ-истэ куустуһан утуйан хаалар этим. Билигин бэйэм оҕом итинник 1,6 сааһыттан остуоруйалаах утуйар. Төһө кыалларынан, ордук сахалыы кэпсиибин. Өссө мин кэпсээбиппин төһө өйдөөбүтүнэн, бэйэтэ эмиэ кэпсиир буолан, тыла-өһө, толкуйа күннэтэ сайдар. Билигин төһө да оҕолор нууччалыы соҕус тардыылаах буоллаллар, оҕобун кытта төрөөбүт тылынан кэпсэтэ сатыыбын. Аныгы оҕо сиэринэн, сорох ардыгар нууччалыы да саҥаран ылар бөҕө буоллаҕа. Билигин сахалыы уһуйааҥҥа сылдьар, салгыы саха оскуолатыгар киллэрэр санаалаахпын. Оҕо төрөөбүт тылын билэ, саҥара улаатарыгар сөптөөх эйгэ баар буолуохтаах, ону төрөппүт тэрийэр эбээһинэстээх.
Оҕону иитиигэ туох сүрүн ирдэбиллээххиний?
Оҕону кытта элбэхтик алтыһыахха наада. Холобур, күн устата үлэбэр туох буолбутун киниэхэ тиийэн кэпсиибин. Оччотугар кини миигин үтүктэн уһуйааныгар атаарбыт күнүн сырдатан кэпсиир. Оҕону кытта элбэхтик кэпсэтэр, кини санаатын интэриэһиргиир буоллаххына, кини төрөппүккэ эрэлэ улаатар дии саныыбын.
Билигин даҕаны “Сир симэхтэрэ” диэн дьоҕурдаах оҕолорго аналлаах биэриибин ыыта сылдьабын. Республикабытыгар олус да талааннаах оҕолор бааллар. Аһаҕас эфиргэ кэлэн ыллаан-туойан бараллар. Онон кэнчээри да ыччаттарбыт төрөөбүт тылы үөрэтэр баҕалаахтар, онно биһиги улахан дьон көмө-тирэх буолуохтаахпыт диэн санаалаахпын. Оҕолор сүрдээҕин бэйэ-бэйэлэрин көрөн үөрэнэллэр, үтүктүһэллэр эбит. Маны таһынан, ыччаттарга аналлаах телевидениенан уонна араадьыйанан көстөр “Ыччат ыллыга” диэн нэдиэлэҕэ биирдэ тахсар биэриилээхпит. Манна эдэр дьон үөрэҕин, үлэтин-хамнаһын, олоҕун-дьаһаҕын сырдатабыт.
Биһиги ыалдьыппыт Ньургуйаана Ботуева туруоруммут сыалын ситиһэр, үлэттэн толлубат туруу үлэһит киһи эбит диэн санааҕа кэллим. Кини кэпсэтии былаһын тухары, “оскуолаҕа да, колледжка да, университекка да, үлэлиир кэлэктииппэр да үтүө дьоннуун алтыһан сылдьар эбиппин” диэн санаатын аһаҕастык этэр. Кини төһө да түбүктээх үлэлээх буоллар, быыс булан спордунан дьарыктанар, кыысчаанын кытта бириэмэни атаарар тапталлаах ийэ, истиҥ доҕор уонна коллега. Оттон бу материалы ааҕан баран, киһи бэйэтигэр туох түмүгү оҥоруон сөбүй? Киһи туохтан да куттаммакка, араас хайысхаҕа бэйэтин холонон көрүөхтээх, инникигэ эрэллээхтик хардыылыахтаах уонна үлэһит майгылаах буолуохтаах диэн эбит. Биһиги Ньургуйаанабыт курдук сырдыгынан сыдьаайа, үөрүүнү үксэтэ сылдьыахха!
Кэпсэттэ
ЕКАТЕРИНА АФАНАСЬЕВА.