Тууһу аһылыкка эрэ туттубаттар. Туус тулалыыр эйгэттэн үчүгэйи-куһаҕаны, араас эниэргийэни бэйэтигэр оборон ылар идэлээх. Ол иһин дьиэни-уоту, киһини ыраастыырга туһаналлар, ону тэҥэ магияҕа да тутталлар. Былыр-былыргыттан тууһу хайдах туһанар туһунан үгэстэр бааллар эбит. Үгүстэрэ умнуллубуттар эрээри, сорох үгэстэр билиҥҥэ диэри тиийэн кэлбиттэр. Сайын оройугар босхолон кэмнитигэр аа5ын, туhалаа5ы билин, туттун.
Тууһу атын киһиттэн иэс ылыллыбат, бэриллибэт. “Тууспут бүттэ, кыратык иэстиигит дуо?” диэн ыалларгыт киирээччилэр дуо? Ол биэрдэххитинэ, бэйэҕит эниэргийэҕитин биэрэҕит, эбэтэр атын дьон гиэнин (туус үксүн куһаҕан эниэргийэни оборор) ылыаххытын сөп.
Дьиэҕэ тууһу аһаҕас иһиккэ тутумаҥ.
Этиллибитин курдук, куһаҕаны барытын оборон ылар.
Оттон күүстээх этиһии, охсуһуу тахсыбыт буоллаҕына, дьиэҕэ баар тууһу быраҕар ордук.
Туус иһитин илииттэн илиигэ бэриллибэт, остуолга ууруохтааххыт.
(дьадайыыга тиэрдэр). Бэнидиэнньиккэ, субуотаҕа тууһу атыыласпат ордук.
Туус тоҕуннаҕына, этиһии-охсуһуу тахсыбатын туһугар, уунан суурайан кэбиһээччибит.
Ону тэҥэ үрдүгэр саахар кутан баран, хомуйан кэбиһиллэр эбит.
Тууһу мас, эбэтэр туос иһиттэргэ харайар ордук.
(өр кэмҥэ ыраас турар, “кир” сыстыбат).
Туус иһитин бэлэх бэриллибэт да, ылыллыбат да.
Дьиэни ыраастаабыт туускутун сыгынньах илиигитинэн тутумаҥ.
Ким да ылбат, туппат сиригэр быраҕыахтааххыт.
Дьиэни ыраастааһын
Хобордооххо тууһу кутан баран, мөлтөх уокка буһарабыт.
Булкуйан биэриэххэ сөп. Хараарар, сыттанар буоллаҕына, ол аата элбэх куһаҕан эниэргийэни хомуйбут.
Хобордооҕу тутан баран, хостору кэрийэҕит, хайдах сатыыргытынан көрдөһүөххүтүн, үҥүөххүтүн сөп.
Бу кэнниттэн тууһу унитазка кутан баран, хобордооҕу үчүгэйдик сууйуллар.
Эбэтэр туттуллубат хобордооҕу ылыаххытын сөп.
Иккис ньыма
Бөдөҥ тууһу (Кэмпэндээйи тууһа, эбэтэр кырааската суох муора тууһа барсар) ылан хаһыат лоскуйугар кутан, муннуктарга уураҕыт. Хас да күн турар.
Онтон тууһу таарыйбакка эрэ хомуйан ылан, унитазка ыытаҕыт, хаһыаты уматаҕыт. Тыа сиригэр олорор дьон, бөҕү кытары уматыахтарын сөп.
Үһүс ньыма
Киэһэ үрүүмкэҕэ уу кутан баран, түгэҕин сабарын курдук бөдөҥ тууһу кутабыт. Кыра ньуосканан булкуйа-булкуйа:
«соль и вода, соль и вода, возьмите себе — весь негатив, все ссоры, все беды, все болезни…» диэн ботугуруугут.
Туохтан босхолонуоххутун баҕараргытын эбэн биэриэххитин сөп.
Үрүүмкэни түүн түннүк анныгар хааллараҕыт. Сарсыарда туран көрбүккүт, туус суураллыбатах буоллаҕына, дьиэҕэ элбэх куһаҕан эниэргийэ мунньуллубут эбит.
Ууну эмиэ унитазка тоҕобут, үрүүмкэни үчүгэйдик сууйабыт.
Бу үрүүмкэттэн итиэннэ испэт ордук.
“Куһаҕан харахтан” харыстаныы
Оҕобун куһаҕан харахтаах таба көрүө дии саныыр буоллаххытына, оройугар кыратык тууһу таммалат. Эмиэ бөдөҥ, ыраас туус буолара ордук.
«Соль в глаза, веник в зубы» диэн ботугуруохха сөп. Эйигин сөбүлээбэт дьону кытары көрсө барар буоллаххына, эмиэ оннук гыныахха сөп.
Кэлэн баран, суунан кэбиһэҕин.
Куһаҕан түүл туолбатын туһугар
Куһаҕан түүлү түһээтэххинэ, туолуо диэн куттанар буоллаххына, тымныы ууну кыраантан сүүрдэн баран, хаҥас илиигэр бөдөҥ тууһу ылан, ууга тутаҕын.
Сыыйа суураллан сүтэн эрдэҕинэ, түүлгүн санаан баран: «Как соль тает — так сон тает, соль-соль, выешь из сна злое, оставь доброе» диэн үс төгүл этэҕин. Бүттэ.
Туус куһаҕаны илдьэ барда.
Малы-салы ыраастыырга
Бөдөҥ тууһу (1 лиитирэ ууга үс ост. ньуоска тууһу)
ууга суурайан баран, малгытын онно угаҕыт.
Күн көрөр сиригэр уураҕыт. Үс күн тыыппаккыт.
Көмүс киэргэллэри эмиэ маннык ыраастыахха сөп.
Ыраастаныы
Киэһэ утуйаары сылдьан, туустаах ууга атаххытын уган, олоро түһүөххүтүн сөп. Оччоҕо күн устата мунньуллубут туох баар хомолтону, кутталы, куһаҕан санааны, тылы-өһү ыраастыыр. «Я прощаю себя и всех прощаю, за всё прощаю.
Отпускаю тебя, страх, прощаюсь с тобой» диэн ботугуруохха сөп.