Олунньу 13 күнүгэр төрөөбүт тыл сурук-бичик күнэ бэлиэтэнэр. Бу күн саха чулуу уола, саха алфавитын төрүттээччи Семен Андреевич Новгородов күн сирин көрбүтэ.
Манна даҕатан эттэххэ, хайа баҕарар кэмҥэ ийэ тылы өрө тутааччылар баар буоланнар, биһиги баайбыт – сахабыт тыла сайдан, тупсан, туспа омук буоларбытын көрдөрөрө саарбахтаммат. Өйбүтүн-санаабытын оҕо сылдьыахпытыттан кэҥэтэн, инники кэскилбитигэр эрэллээх буолууга сүҥкэн кылаатын уурбут, күндүтүк саныыр киһибит Розалия Егоровна Потапова (1952-2023 сс.) буолар.
Куоракка саха оҕотун сахалыы саҥардар туһуттан гимназиябыт аһыллыаҕыттан үтүөнү-кэрэни, үйэлээҕи тарҕаппыт Розалия Егоровна туһунан бииргэ үлэлээбит Винокурова Марияна Васильевна, Габышева Мария Егоровна ахтыыларын таһаарабыт.
Розалия Егоровна Потапова гимназиябыт баай устуоруйатын хаҥатыспыт, үтүө үгэстэрин үйэтитиспит, ыарахаттартан чаҕыйбакка үлэтин-хамнаһын атаҕар туруорсубут дьонтон биирдэстэрэ буолар. Н.К.Чиряевтыын, директорбытын кытта Үөһээ Бүлүүттэн төрүттээхтэр. Куорат саха оҕотун сахалыы саҥардар биир санаалаах гимназия аһыллыаҕыттан үтүөнү-кэрэни, үйэлээҕи тарҕатан бииргэ үлэлээбиттэрэ.
Саха сиригэр кыыдааннаах кыһын кэнниттэн, сааскы ылааҥы күҥҥэ саас аайы Розалия Егоровна тоҥ буору тобулу тахсыбыт Ньургуһун күнүн көрсөн, кылааһын оҕолорун кытта мырааҥҥа тахсан, ньургуһун сибэккини уруһуйдаан, оонньоон-көрүлээн айылҕа биир кэрэ көстүүтүн бэлиэтээн кэлэллэрэ.
Күһүн аайы «Эбээ күнэ» буолара. Кылаас оҕото бөлөхтөргө арахсан, эбээлэргэ ыалдьыттыы бараллар.Оҕолор эбээ кэпсээнин истэн, дьарыгын билэн, минньигэс күөрчэҕин, амтаннаах алаадьытын амсаһыйан,эҕэрдэлээн, үөрэ-көтө болҕомтолорун ууран астынан бараллара.Оҕоҕо интэриэһинэй,кэрэхсэбиллээх, өйүгэр-санаатыгар,сүрэҕэр-быарыгар киирдин диэн араас тэрээһиннэри ыытар этэ.
Улуу Кыайыы 75 сылыгар кылаас «Куобах – саханы быыһаабыт кыыл» бырайыагынан хас биирдии оҕо куобах туһунан чинчийэр, үөрэтэр буолбуттара. Куобаҕы көрө «Орто дойду» зоопаркаҕа тиийэн, аны куобахтары көрүүгэ кэтээн-манаан үлэлээбиттэрэ.
Кини оҕолор санааларын өйүүрэ, ситиһиилэрин бэлиэтиирэ инникигэ кынаттыыр.
Араас саҥа сүүрээни киллэрэрэ, үлэҕэ көҕүлүүрэ, ураты көрүүнү сөхтөрөр.
“Төрөппүттэр”
Розалия Егоровна хас биирдии оҕо саха буоларын өйдөтөн, сахалыы саҥарарын, ыллыырын, хомуска оонньуурун, сиэрдээх-майгылаах буоларын дьиҥ ис дууһатыттан баҕарар – учуутал.
Өр сылларга Семенова Евдокия Семеновналыын, куораттааҕы музыкальнай оскуолатын учууталын кытта үлэлэһэн, кылаас оҕото барыта хомуска оонньуурун ситиспиттэрэ. Оҕолор хомуска эрэ буолбакка, саха норуотун ырыаларыгар, фольклорга үөрэммиттэрэ. Ол сыралаах үлэ түмүгүнэн, 2008 сыллаахха, кылааһынан Турцияҕа фольклорнай фестивальга кыттан кэлбиттэрэ уонна 2011 сыллаахха Гиннес рекордун олохтуурга күргүөмүнэн хомуска оонньоон кыттыбыттара.
Александра Борисовна Алексееваны кытта сахалыы ырыаны ыллатан эмиэ айымньылаахтык үлэлээбиттэрэ. Сибэкки уонна Саҥа дьыл диэн ырыа килииптэрэ киэҥник тарҕаммыттара. Барытын холбоон, мунньан, тэрийэн бэлэм ролик буолуор диэри санаа атастаһан, истиҥ кэпсэтии, үлэ, алтыһыы барбыта биллэр.
2015-2016 сыллардаахха Анна Гаврильевна Белолюбская уонна Мария Егоровна Габышеваны кытта саха тылын 3-с кылааһын уонна 4-с кылааһын литература ааҕыыта электроннай сыһыарыыларыгар ылсан эбии дидактическай эрчиллиилэри, оонньуулары оҥорууга олус көхтөөхтүк, тэтимнээхтик биир тыынынан өрөбүллэргэ,уһун сынньалаҥҥа үлэлээбиттэрэ. «Литература ааҕыыта» учебник Москваҕа бүтүн Россиятааҕы куонкуруска «Учебник 21 века» номинацияҕа кыайыылааҕынан бэлиэтэммитэ. Онтон 2016 сыллаахха Мария Филипповна Кронникова «Букубаарыгар» суруйуу тэтэрээтин оҥороругар этии киирбитигэр Розалия Егоровна «биһиги ылсыахпыт» диэн кытаанахтык, ылыннарыылаахтык эппитэ. Учуутал үлэтэ элбэҕэ,саҥа суруйан эрэр оҕоҕо хас биирдии сурааһынын, буукубатын, тылын-өһүн 32 оҕоҕо илиитинэн суруйуох диэтэххэ, элбэх сыралаах биир халыыптаах үлэни чэпчэтэр сыалтан «Букубаарга суруллууларга» үлэлэспиттэрэ. Бу босуобуйа билигин сылын ахсын «Айар» кинигэ кыһатыгар бэчээттэнэр. ФГҮӨС стандардыгар эппиэттиир бүтүн республика үөрэнэр М.Ф.Кронникова таһаарбыт «Букубаар» учебнигын бастакы апробациятын ыытарга, кэскиллээх эдэр үлэһити өйүүр санааттан Розалия Егоровна сөбүлэспитэ. Бэйэтин кылааһыгар бу учебнигынан аан бастаан үөрэтэн саҕалаабыта. Учебник тылын-өһүн чочуйууга, итэҕэстэрин тупсарыыга тэҥҥэ үлэлэспит сүҥкэн өҥөлөөх. Учебник уопсай араҥаҕа тахсаатын, сэргэстэһэр кылаастарын учууталларыгар Белолюбская А.Г. уонна Габышева М.Е. тыл көтөҕөн, кинилэри кыттыһыннаран, букубаарга сыһыары тутан,хас биирдии уруок аайы туһаныллар матырыйааллары «Букубаар суруллуулар» (1-3ч.) уопсай үөрэхтээһин тэрилтэлэригэр үөрэх босуобуйатын оҥорбуттара. Ол оҕо дьарыгын тэрийиигэ олус туһалаах босуобуйа 2017 сыл күһүнүгэр «Бичик» кыһатыгар бэчээттэнэн тахсыбыта. Республика учууталларын махтала муҥура суох.
Гимназиябытыгар үтүө үгэскэ кубулуйан, сылын аайы ыытыллар «Чирээйэптии ааҕыыларга» сүрүн тэрийсээччи, кылаас кабинетыгар саҥаттан саҥа уларыта тутуулары ыытарга эдэр кэллиэгэлэринээн биир сүбэни буларга көҕүлээччи, алын сүһүөх кафедратын методическай үлэтигэр, семинардары тэрийиигэ бастыҥ ыытааччы уонна кыттааччы. Сахалыы иитиини-үөрэтиини толору баһылаабыт, ону үүнэр көлүөнэҕэ сатаан тиэрдэр сатабыллаах- Розалия Егоровна.
Аҥардас «Сүө – салайыныы үөрэҕэ» ааптарскай кууруһа ону туоһулуур. Үүнэн эрэр ыччат «Мин кимминий» диэнтэн саҕалаан сайдарыгар, уопсастыбаҕа туһалаах киһи, «киһи киһитэ» буоларыгар туһааннаах баай ис хоһоонноох босуобуйа буолар.
Маннык үөрэх тоҕо нааданый?
Бүгүҥҥү оскуола тастан көрдөххө сүрдээҕин уларыйбыт курдук. Үөрэтии саҥа былаана элбэх варианнаах, араас предметтэр киирэн улахан сэргэхсийиини үөскэттэ. Оскуола үөрэтэр үлэтин хайысхата байда, ол гынан баран тосту уларыйыы оҕо иитиитигэр киирбэтэ. Тоҕо? Үөрэтиллэр предметтэр, олор ирдэбиллэрэ өрө тутуллан үөрэтии-иитии сурун туһаайыылара буолан салҕанан бара турар буоллахтарына, оҕо бэйэтэ, кини сайдыыта, төһө да элбэхтик этилиннэр, симэлийэн сүтэн хаалар.
Саха оҕото чөл куттаах, ураты өйдөөх-санаалаах, сахалыы сиэрдээх буола улаатарыгар бэйэни салайыныы, иитинии үөрэх суолтатын чорботон бэлиэтиир.
Ханнык баҕарар оҕо туох эрэ уратылаах, туох эрэ анал төлкөлөөх төрүүр. Ол уратыта сүттэҕинэ олоххо аналын кыайан булбакка үйэтин тухары дьол диэни билбэккэ олоруон сөп. Билигин, олох-дьаһах саҥалыы сайдар кэмигэр, үөрэхтээһин соруга, ис хоһооно уонна ону олоххо киллэрэр суола төрдүттэн уларыйдаҕына эрэ оҕо уйан уйулҕатын, кини айылҕаттан уратытын харыстыырга, сайыннарарга, олоххо миэстэтин буларыгар көмөлөһөргө суол аhыллыа этэ. Үөрэхтээһин нуорматыгар үөрэтиллэр предметтэр ирдэбиллэрэ уһугулаан турарын тухары оҕо үрүҥ хараҕын өрө көрбөтүгэр тиийэр, оҕо личноһын кини кутун-сүрүн предметтэр ирдэбиллэрэ күлүктээн кэбиһэр.
Киһи бэйэтин-бэйэтэ иитинэригэр, сайыннарарыгар анал үөрэх-сүө үөрэҕэ.
Киһи бэйэтин иитинэригэр, сайыннарарыгар үтүмэн элбэх ньымалар айыллан тураллар. Көннөрү киһи ити билиини табыгастаахтык туһанар ситимэ суох. Дьэ ол иһин бу ньымалары бэрээдэктээґининэн дьарыктанар анал үөрэх-сүө үөрэҕэ буолар.
Афанасьев Л.А. – Тэрис 1996 с., кулун тутар 21 күнүгэр «Сахаада» хаһыакка «Сүө тэрээһинэ» диэн ыстатыйатыгар сүө формулатын тоҕус түһүмнэрин бэлиэтиир.
1. Сөпкө хамсан.
2. Сөпкө аһаа.
3. Сөпкө тэрин.
4. Сөпкө үөрэн.
5. Сөпкө сынньан.
6. Сөпкө сыһыаннас.
7. Сөпкө санаа.
8. Сөпкө итэҕэй.
9. Сөпкө дьай.
Олоххо сыhыан уларыйда. Үлэҕэ киирии, үлэни булуу уустугурда. Улэҕэ доруобай, куhаҕан дьаллыга суох, үөрэхтээх, идэтин баhылаабыт киhини ылыллар. Бу тыйыс усулуобуйаҕа эмиэ бэйэтин салайынар, иитинэр, сыаллаах-соруктаах киhи кыайар. Бу өттүттэн да күрдүххө сүө саха ыччатыгар ураты суолталанар. Сүө анал тэрээһин эрэ быhыытынан олоххо киириэхтээх.
Сүө түһүмнэрин олоххо табыгастаахтык киллэрии ураты иитии ньымаларын ирдиир. Үөрэтии сүрүн тосхоллоро маннык арахсаллар.
– ньымалары үөрэтии тиһигэ баар буолуохтаах.
– ньымалары киһи төhө ылбытын сыаналыыр мэктиэ баар буолуохтаах.
– Киһи ньымалары олоҕор хайдах туhанарын сыаналыыр тиhик баар буолуохтаах.
Сүө ханнык эмэ анал билиини биэрбэт. Холобур, киһи математиканан, тылынан, уруһуйунан, спордунан дьарыктанан анал билиини, сатабылы, ньымалары баһылыыр. Сүө итинник анал билиини ыларыгар, сөпкө олоҕун салайарыгар ылбыт билиитин туһанарыгар көҕүлүүр. Киһи тугу баҕар ис көхтөөх буоллаһына ситиһэр. Сүө көҕү уhугуннарар, көҕү салайар. Оччоҕо эрэ киһи идэтин дириҥник баһылыыр, дьулуурун толорор кыаҕы ылар.
Бэйэни салайыныы үөрэҕэ «омук» диэн өйдөбүлү кытта сибээстээх буолар, тоҕо диэтэххэ, омук өйө-санаата (менталитета) маннык тосхол үөскүүрүгэр төрүт буолар эбит. Омук тыыннаах хаалар ньымалаах, ырааҕы өрө көрөр стратегиялаах, чугаска тугу гынарын быһаарар тактикалаах. Ити сүө үөрэҕэ үөскүүрүгэр төрүт буолар.
Аны сүө курдук үөрэх кистэлэҥ соҕус майгылаах буолар эбит, тоҕо диэтэххэ, бу үөрэх киһи кыаҕын туһанарыгар суол арыйар, ол олох иһин охсуһарга кистэлэҥ сэбиргэл курдук көстөр. Сүө быстах ситиһиини ыларга суоттаммат, уһун кэмнээх уонна бигэ ситиһиини ыларга туһаайыллар.
Сүө уруоктара атын предметнэй уруоктартан ис хоһоонунан, тутулунан да уратылаах. Онон маннык уруоктарга дьарыгы тэрийии сыалынан оҕо ис туругун арыйыы буолуохтаах. Уруок хаамыыта оҕоттон бэйэтиттэн тахсара наада. Оҕону кутун-сүрүн көтүппэккэ, сэрэнэн, киһи бэйэтин санаатын тутарыгар учуутал көмө буолар эрэ оруоллаах. Оҕо атын санааны сатаан истэр, ону бэйэтин санаатын кытта тэҥнээн, ыраҥалаан көрө үөрэниэхтээх. Учуутал 7-9 саастаах оҕоҕо сөптөөх ньымалары туһанара ордук. Ол курдук уруһуй, оонньуу, кэпсэтии, санаа атастаһыыта уруокка баһыйаллар. Оҕо бэйэтин санаатын толлубакка, аһаҕастык этэ үөрэнэригэр бөлөҕүнэн үлэ улахан көмөлөөх.
Киниэхэ иитиллибит-такайыллыбыт оҕолор биллэр-көстөр бэлиэ уратылаахтар: олоххо көхтөөхтөр, үөрэхтэригэр олус кыһамньылаахтар, чинчийэр үлэҕэ күүстээхтэр,түмсүүлээхтэр. Ол иһин иитэн-үөрэтэн таһаарбыт үгүс – элбэх оҕолоро дьулуурдаах- дьаныардаах, үлэһит үтүөтэ буола улааттылар, үүннүлэр.
Розалия Егоровна оголоро ахтыы кинигэтин бэлэмнээһинигэр бииргэ үлэлэспит, алтыспыт дьонун, аймахтарын, үөрэппит оҕолорун ахтыыларын хомуйаллар. Б.Т: 89141067314 – кыыһа Гоголева Сахаайа Алексеевна.