Көмүс күһүммүт номнуо тиийэн кэллэ. Дьиҥэр, ханнык баҕар дьыл кэмэ ураты тыыннаах уонна туспа кэрэлээх буолар дииллэр. Чахчыта да оннук буоллаҕа. Күһүн айылҕабыт олус кырасыабай көстүүлээх уонна муннуга саба биэрэр ыраас салгынынан илгийэр туспа дьиктилээх буолар. Ол эрээри, эмискэ тымныйан, ардаан, тыаллыран бардаҕына, киһи суорҕаҥҥа сууланан итии чэй иһэ-иһэ, минньигэстик аһыы-аһыы дьиэҕэ олоруон баҕарар. Бу маннык түгэҥҥэ ураты бүлүүдэлэри астыыр хаһаайкалар рецептэрэ дьиэ хаһаайкаларын абырыыр буолуохтаах.
Интернет ситимигэр Любовь Дмитриева @lyubushka_dmitrieva диэн минньигэс бүлүүдэлэр рецептэрин дьоҥҥо-сэргэҕэ сырдатар, үллэстэр эдэр блогер тус страницатыгар хараҕым хатанна. Люба тас көрүҥүнэн эрэ буолбакка, тус санаатынан олус кэрэ, кырасыабай уонна үлэһит буолара страницатыгар тута көстөр эбит. Кини олоҕун-дьаһаҕын сэҥээрэр хас эмэ тыһыынча ааҕааччылардаах. Онон биһиэхэ тапталлаах кэргэн, кэрэчээн кыргыттар ийэлэрэ, сатабыллаах хаһаайка Любовь Дмитриева минньигэс рецептэринэн үллэстэн ыалдьыттыыр.
Аджика
Киэһэҥҥи аһылыкка барсар бэрт боростуойдук оҥоһуллар аджика.Биһиэхэ наада: 4 устуука чеснок, луук аҥаара уонна орто быһыылаах 2-3 устуука помидор.
Салгыы Любаҕа чесногу илдьи быһар анал чеснорезка диэн электрическэй тэриллээх эбит. Онно уочаратынан чесноктары сыалайдыы уган ньылбы эрийтэрдэ, онтон луугу кыырбаан уган баран, салгыы помидордары эмиэ араартаан баран уган эрийтэрэн кэбистэ. Биһиэхэ хааһы курдук убаҕас көстүүлээх аджика баар буолла. Эбии хара перец уонна туус кутаҕыҥ да бүттэ.
Анкл-бенс лечо-салаат
Састаабыгар наада:
- 1 улахан кабачок эбэтэр икки устуука дьоҕус да соҕус буолуон сөп.
- 7-8 устуука помидор
- 6 улахан кээмэйдээх болгарскай перец
- 2 устуука репчатай луук
- 100 мл. растительнай арыы
- 100 гр. саахар
- 1 ост.нь. туус
- 0,5 ч.нь. ууксус
Бастаан помидору барыларын блендердыыбыт. Үрдүгэр саахар, туус уонна арыы кутабыт. Уонна ону кыра уокка оргутан тэптэрэбит. Ити кэмҥэ кабачокпутун кубиктыы быһабыт уонна оргуйа турар помидорбутугар кутан кэбиһэбит. 30 мүнүүтэ оргуйбутун кэннэ перец кырбаан кутабыт. Онтон 15 мүнүүтэ кэриҥэ буспутун кэннэ луук уонна ууксуспутун кутан аргыый булкуйабыт уонна 5-7 мүнүүтэ уокка туруора түһэбит.
Хобордооххо оҥоһуллар пицца
Састаабыгар:
- 4 ост. нь. майонез эбэтэр сүөгэй
- 2 сымыыт
- Щепотка туус
- Щепотка сода
- 4 ост. нь. бурдук
- Кетчуп
- Халбаһы
- Сыыр
- Укуруоп
Хобордооххо растительнай арыы кутан сылытабыт. Ол кэмҥэ убаҕас тиэстэбитин бэлэмниибит. Бастаан майонезпытыгар сымыыт кутабыт уонна туус, сода кутан баран булкуйабыт. Онно бурдукпутун кутан баран аргыый кыра уокка убаҕас тиэстэбитин эргитэ сылдьан буһарабыт. Тиэстэбит икки өттүнэн буспутун кэннэ ингредиеннарбытын кутан кэбиһэбит уонна хобордоохпутун хаппаҕынан сабабыт. Сыырбыт ууллуор диэри буһарабыт.
Минньигэстик аһааҥ!
Бэлэмнээтэ
Екатерина Афанасьева.