Кэнники кэмҥэ оскуола иннинээҕи саастаах оҕолор саҥарбат буолуулара, дорҕоону сатаан таһаарбаттара киһини соһуппат буолла. Маныаха статистиканы ылан көрдөххө, араас реабилитациялыыр кииннэргэ тыһыынчанан төрөппүт сылдьар, кырачааннарын чөлүгэр түһэрэргэ кыһаллар.
Уопуттаах логопед Анна Тарабукина биһиги хаһыаппыт нөҥүө төрөппүттэргэ саҥарар дьоҕура ситэ сайдыбатах уонна саҥарарыгар кэһиллиилээх оҕолору кытта дьиэ усулуобуйатыгар хайдах дьарыктыахха сөбүн кэпсиир, быһаарар, сүбэлиир. Кини Дьокуускай куорат 21-с №-дээх «Кэнчээри» уһуйааныгар 20-тэн тахса сыл үлэлээбит, итинтэн 10-на логопедынан. Бастаан утаа тылы сайыннарар пуун арылларыгар оҕолор дорҕоону чопчу саҥарбат кыһалҕалара турар эбит буоллаҕына, «билигин уйулҕа өттүнэн, тыл сайдыытыгар хаалыылаах оҕолор элбээтилэр» диир.
Үлэлииргэ уустуктардаах
– Бастаан үлэлиирбэр саҥарар дьоҕура ситэ сайдыбатах оҕо суоҕун кэриэтэ этэ. Арай дорҕоону саҥарыыга кэһиллиилээхтэр бааллара. Холобур, «Р», «Л», «Ш», «Ж» курдук дорҕооннору үчүгэйдик саҥарбаттара. Өйдөрүнэн, санааларынан бэйэлэрин саастарыгар сөптөөхтөр этэ. Билигин балаһыанньа атын. Дорҕоону сатаан саҥарбаттарын ааһан, уопсай хаалыылаахтар элбээтилэр. Онон үлэлииргэ уустуктардаах. Уһуйааммыт 13 бөлөхтөөх, онтон биирэ логопедияҕа хайысхалаах. Манна анал хамыыһыйаны ааспыт оҕолору ылабыт. Икки сыл сылдьаллар: улахан уонна бэлэмниир бөлөхтөр, – диэн кэпсиир Анна Тарабукина.
Саҥарбат буолуу төрүөтэ
Аан маҥнайгы төрүөт – ийэ хат сылдьар кэмиттэн саҕаланар. «Токсикоз, араас вирустаах ыарыы, эчэйии, куһаҕан дьаллык төрүү илик оҕо тылын сайдыытыгар охсууну оҥорор» диэн чинчийээччилэр бэлиэтииллэр. Оҕо күн сирин көрөөтүн үс сааһыгар диэри харса суох кэпсэтии, алтыһыы, үөрэтии баар буолуохтаах. Чуолкайдык саҥарбат буолуу сүрүн төрүөтэ – саҥарар аппараатын былчыҥа ситэ сайда илигиттэн, төрүөҕүттэн туох эрэ итэҕэстээҕиттэн, эбэтэр ыарахан ыарыыттан ньиэрбэтин систиэмэтэ эмсэҕэлээбититтэн буолуон сөп. Маны сэргэ, оҕо сөптөөхтүк тыымматыттан, тылга дорҕоону арааран истибэтиттэн. Аны туран, отой хойукка диэри суоска, эмиий эмэ сылдьыбыт оҕолорго эмиэ ыарахан. Сыҥаахтара уларыйар, тиистэрэ ардьаччы барар, тарбахтарын эмэр буолан мөлтөхтүк саҥараллар.
Хайдах көмөлөһөбүт?
Оҕону кытта төрүөҕүттэн төрөппүт сөптөөхтүк алтыһара саҥатын сайдыытыгар улахан суолталаах: имэрийэн, илиигэ ылан, сымнаҕастык көрөн, мичээрдээн, сыллаан, кэпсэтэн. Төрөппүт оҕо бастакы-иккис ыйыгар бастаан чэпчэки дорҕооннору саҥаран «ааа», «ооо», «гкх», «эээ», онтон улам уустук дорҕооннору кыбытан «ага», «агу», «угу» саҥарарга көҕүтэр. Итинник саҥаран оҕону хатылыырга, хоруйдуурга уонна истэргэ үөрэтэбит.
Төрөппүт оҕотугар биир сааһыттан саҕалаан, тулалыыр эйгэтин ойуулаан кэпсээтэҕинэ, эттиктэри туттаран-хаптаран көрдөрдөҕүнэ, оҕо быдан түргэнник саҥарар. Икки-үс сааһыттан элбэхтэ хаамтарар, сүүрдэн, эт-хаан өттүнэн сайыннарар, хоһооннору, ырыалары үөрэтэр оҕо толкуйдуур дьоҕурун күүһүрдэр, тылын саппааһын байытар. Оҕо кыра эрдэҕиттэн кытаанах аһы сии үөрэниэхтээх. Сорох ийэлэр оҕо улаатыар диэри барытын илдьиритэн биэрэллэр, пюренан, хааһынан аһаталлар. Оччотугар ыстыыр былчыҥнара сайдыбакка хаалар, ол эмиэ оҕо чуолкайдык саҥарарыгар мэһэйдэри үөскэтиэн сөп.
Оҕо тэлэбииһэри көрүүтүн, гаджеттарынан оонньуурун аччатыахха наада. Сорох ыалга тэлэбииһэр түүннэри, күнүстэри холбонон турар. Оччотугар кырачаан киһи мэйиитэ сылайар, билиини ылынарыгар ыарахан буоларыгар төрүөт үөскүүр. Онон, бу бастакы куһаҕан дьаллыктартан туора туруҥ. Тылы эрчийиигэ араас дьарыктар элбэхтэр – оҕо кыратыттан уоһу хамсатыы, салгыы кыралаан тыл, тарбах быччыҥын сайыннарар массажтар, оонньуулар. Сиэркилэ иннигэр болдьохтоох кэмҥэ олорон эрэн хаачыстыбалаахтык дьарыктыыр көдьүүстээх.
Өбүгэлэрбит олус мындыр өйдөөхтөрө. Саҥара илик оҕоҕо күөрчэх ытыйан баран ытыгы салата биэрэллэрэ, оннук эмиэ тылы сайыннараллара. Билигин тиис суунар щетканан дьарыктыахха сөп. Киэһэ тиистэрин сууналларыгар тылларын массажтыыллар. Ол ыраастыырдыы туочукаларынан баттаан, үөһэ-аллара тыл устун ыытан, тыл ойоҕоһун, иннин сууйан, силгэтин (уздечкатын) өрө тардан. «Р» дорҕоону туруорарга ороҥҥо сытыаран баран бааталаах палочканан тылын аннын илибирэтиэххэ сөп. Ити курдук, төрөппүт бэйэтэ дьарыктаан оҕотун тылын сайыннарар, саҥарар дьоҕурун сайыннарар, онон санааҕытын түһэримэҥ.
«Үчүгэйдик саҥарбат оҕону нууччалыы тылга көһөрөбүт дуо?» диэн ыйытыкка логопедтар сүбэлэринэн – бу сөптөөх быһаарыныы. Саха тылын дорҕоонноро ыарахаттар, нуучча тыла арыый боростуой. Аны туран реабилитациялыыр дьарыктар үксэ нууччалыы тылынан ыытыллаллар. Сорох түгэннэргэ быраастарга тиийэр ордук. Уйулҕа өттүнэн хаалыы – неврология өттүнэн сыһыаннаах буолуон сөп. Оттон оҕо тылын аннынааҕы силгэтэ кылгас буоллаҕына – ортодоҥҥа тиийэрэ ирдэниллэр.
Оҕолуу саҥарымаҥ
Оҕо кыра сылдьан бэйэтин тылынан саҥарар. «Ньээньэ», «баай-бай», «брр», «бум-бум». Ону төрөппүт биир сааһын ааста даҕаны көннөрөн барыахтаах, үс сааһыттан улахан киһи курдук кэпсэтиэхтээх. Оҕом кыра диэн өйдөбүлтэн тэйэр ордук. Оҕо буукубаны билэрэ-билбэтэ ирдэммэт. Оҕо маҥнай дорҕоону араара, истэн сөпкө бэлиэтии үөрэниэхтээх. Онтон эрэ буукубаҕа киирэбит, оччотугар салгыы оҕо номнуо ааҕан барар. Сорох төрөппүттэр олус атаахтаталлар, ол кыра киһи сайдыытыгар харгыстары оҥорор. Ону иитээччилэр кэтээн көрөн, истэн сүбэлиибит.
Тарбах моториката
Тарбахтарга элбэх туочука баар. Тыл уонна тарбах биир ситимнээхтэр. Онон сатаан саҥарбат оҕо тарбаҕын күүскэ дьарыктыыр ирдэнэр. Пластилин имитии, лего конструктор хомуйуу, оҕуруо тиһии, куруппалары наардааһын.
Тарбаҕар мөлтөх, илиитигэр күүһэ суох оҕо харандааһы туппат, сөпкө туһаммат. Ону эрдэттэн дьарыктаабатахха, оскуолаҕа киириэн иннинэ улахан мэһэйдэри таһаарар. Маныаха төрөппүт хайаатар да оҕотун кыра сааһыттан дьарыктыахтаах.
Наһаа ыраас буолартан туттунуохха
Сорох төрөппүттэр оҕолорун өрүү тэбии сылдьаллар, тугу да туттарбаттар. Оҕо таһырдьа чалбаҕы, бадарааны тэпсэн, кумаҕынан оонньоон, дьиэ иһигэр ас астааһын кэмигэр бурдугунан туттан, иһит сууйан улаатыахтаах. Ийэ барытын бобо сырыттаҕына, оҕо эмиэ сайдыыта хаалыан сөп, онон бопсумуохха наада.
Дьиҥэр, кырачаан 6-8 ыйыттан барытын өйдүүр. Сыыһа, сөпкө оҥорбутун анаалыстыыр. Ону туох баар ыскааппытын хатаан, туттар маллары тиийбэт сиригэр куоттаран баран, туохха үөрэтэбитий? Барытын арыйан көрдөрүөххэ, туттаран-хаптаран билиһиннэриэххэ наада. Сотору кэминэн интэриэһэ бэйэтэ да ааһыа. «Итии чаанньыкка чугаһаама» диирдээҕэр, кыратык даҕайтаран көрдөххө, бэйэтэ чугаһаабат буолуоҕа. Киэргэллэри ымсыырар буоллаҕына, көрөн олорон билиһиннэриҥ, туттарыҥ. Оччотугар билиитэ хаҥыыр, көрөр эйгэтэ кэҥиир, сайдыытыгар туһалаах.
Оонньууру атыылаһыы
Аныгы кэмҥэ араас дьэрэкээн оонньуур дэлэй. Ордук сайыннарар оонньуурдары ыла сатааҥ. Холобур, мин араас карточкалары сүбэлиибин. Биир сааһыттан көрдөрө-көрдөрө кэпсээтэххэ, оҕо өйдөөн хаалар. Өҥнөрү, кыыллар араастарын, дьиэ малын-салын, таҥаһы-сабы билсэр. Кинигэ ааҕыы, кэпсээһин олус туһалаах. Остуоруйаны ааҕан баран, кэлин ис хоһоонун ыйытыахха наада. Холобур, колобок кимтэн куоппутай, тыаҕа бастаан кими көрсүбүтэй? Оччотугар оҕо өйүгэр хатыыр, чопчу ыйытыктарга хоруйдуур кыахтанар, болҕомтолоохтук истэр. Мөлтөхтүк саҥарар оҕоҕо сааһын иннинэ күүскэ дарыктыы сатаамаҥ, кэминэн барыта кэлиэ. Элбэх билиини тутатына ылынар ыарахан, оҕо сылайар, толкуйдуур дьоҕура намтыыр. Онон тулуурдаах, дьулуурдаах буоларга сүбэлиибин.
Эти-хаан өттүнэн эрчийии
Оҕо эт-хаан өттүнэн доруобай буоллаҕына – бары өттүнэн сайдыыта түргэтиир. Элбэхтэ ыалдьар оҕо, саҥарбат буолуутугар, оттон иммунитет мөлтөҕө уопсай хаалыыга тиэрдэр.
Сорох түгэннэргэ төрөппүттэр оҕолорун тэпилииссэ үүнээйитин курдук улаатыннараллар. Ип-итии кыбартыыраттан суулаан баран массыынанан уһуйааҥҥа аҕалаллар. Дьиҥэр, оҕо салгыҥҥа сылдьыахтаах. Дьиэтигэр утуйан туран баран, сылаас уунан сотуннаҕына доруобуйата чэбдигирэр. Атах сыгынньах анал дорожкаларынан хаамтарар туһалаах. Бэйэ илиитинэн тигиллибит ордук үчүгэй. Холобур, кыра таҥаска араас тимэхтэри тигэн баран хаамтарыҥ. Бу тыл сайдыытыгар эрэ буолбакка, «плоскостопие» диэн ыарыыны эмиэ суох оҥорор.
Тыыныы гимнастиката
Оҕону сөптөөхтүк тыыннарыы улахан суолталаах. Оҕо муннунан салгыны эҕирийэн баран, аа-дьуо үрэн таһаарара саамай туһалаах дьарык. Сорох оҕолор өрүү күүрэн сылдьаллар. Түргэнник эҕирийэн баран, түргэнник үрэллэр. Маннык тыыныы оҕо саҥата тахсарыгар мэһэйдиир. Оргууйдук тыынарга, сөптөөхтүк үрэргэ оонньуу быһыытынан дьарык олус туһалаах.
Хас биирдии төрөппүт оҕотугар бары кэрэни, олоххо ситиһиини баҕарар. Кыра сааһыттан онуоха болҕомто ууран, санааҕытын түһэрбэккэ дьарыктаннаххытына, барытын кыайыаххыт. Төрөппүттэр дьиэ кэргэҥҥэ оҕо тыла сайдар усулуобуйатын олохтуулларыгар, куйаар ситимиттэн араҥаччылыылларыгар баҕарабын.